«Омоох» - «Олоххо суоллар» арамаан үһүс түһүмэҕэ. Бу түһүмэххэ Дьэргэйдэр аҕа уустарын олохторо сэһэргэнэр.
Киһиттэн олох олорон, омугун инники сайдар суолун үктэһиэхтээҕэ ирдэнэр. Ол аҥаардас тус сиэр-майгы үрдүк таһымнааҕынан, дьоҕур кылааннааҕынан бүппэт. Баҕарбатах иһин, үтүөнү кытта тэҥҥэ барсар кыдьыкуонна кыыбаҕы кыттыспата эрэйиллэрэ кэпсэнэр.